Дойдубар хаар түспүт. Маҥнайгы хаар.

В Якутии выпал первый снег.
Көһүттүм, өр күүттүм эйигин,
Кыыдамныыр бу хаары, кыс хаары,
Айылҕам түү суорҕан бэлэҕин
Сир аайы өлгөмнүк  тэлгиирин.

Алаастар, сыһыылар, сис тыалар
Кырыанан- чэҥинэн симэнэн,
Иһийэн хааллылар чуумпуран,
Үрүҥ хаар саалынан үллүнэн.

Сырдатта маҥан хаар тулабын,
Көнньүөртэ дууһабын, санаабын.
Тунал хаар ньууругар оһуордаан
Суруйдум Эн ааккын долгуйа...

Алыптаах нуһараҥ киэһэҕэ
Үрүҥ хаар сабыытын сэгэтэн,
Тиийэн кэл Эн миэхэ, сэгэрим,
Тулаҕар кыырпах хаар киэргэллээх.

Сиэтэҥҥин, Эн миигин ыҥыран,
Оһуордаан-мандардаан суол анньан,
Тунал хаар килбэйэр иэнигэр
Умсулҕан айаҥҥа турунуох...

Антонина Васильева
