*ЫАЛ* уонна *ДЬИЭ КЭРГЭН* диэн өйдөбүллэр биирдэр дуу, уратылар дуу?
*Уратылар*. Ыал диэн Аҕа Баһылык туоната, тэрилтэтэ. Таҥараттан бэриллибит соҕотох тэрилтэ. 
Ыал олбуорун иһинээҕи эйгэ - дьиэ кэргэн дэнэр. 
Онно хотун - ыал ийэтэ. ДАЛ иһигэр БАаР Хотун - ДАЛБАР ХОТУН. 
Билигин дьон үксэ ыал диэн өйдөбүлү умнан, дьиэ кэргэн диэн өйдөбүлү туттар. 
Бу эр киһини, 
ыал аҕатын сиргэ- буорга тэпсии түмүгэ. 
Хас биирдии тыл иччилээх, дириҥ ис хоһоонноох. 
Айылҕанан, 
Үрдүк Айыыларынан оҥоһуллубут өйдөбүллэр таҥнары барар, туттуллар буоллахтарына,
олох түөрэҕэ эмиэ хамсыыр. *Онон төрүт өйдөбүллэргэ төннүөҕүҥ диэн ыҥырабын.*
