Күндү быраатым Сэмэнчик!
Саха үтүө ыалын Аҕа Баһылыга, Сэмэн Тумууһап уола Сэмэн!
Күн Сирин көрбүт үтүө күҥҥүнэн итии истиҥ эҕэрдэ!
Эн төрөөбүккүн истээт, аҕабыт саҥа аллайбыт : " Дьэ бэрт, киэһэ алаадьы сиэхпит!"- диэн үөрбүт- көппүт үһү. 
Ол аата минньигэс, байылыат сандалылаах, элбэх оҕолоох буоларгын кэрэһэлээтэҕэ. 
Эн өбүгэлэрбит илдьиттэрин толорон үтүө- мааны , дьоһуннаах ыал Аҕатаҕын, сатабыллаах салайааччыгын. 
Эр киһи кылааннаҕа, доҕор үтүөтэ , быраат гиэнэ бастыҥа буоларгынан биһиги бары киэн туттабыт.
Онон, бу Орто Дойдуга өссө да салгыы аналгын толорон , быр бааччы ыал буолан, баайгын- дуолгун хаҥатан, оҕолоргунан, сиэннэргинэн Тумус аймаҕы кэҥэтэн, дьоллоохтук тапталлаах Любаҕынаан өр сылларга ай- тут, олоҕу олор!
