http://kyym.ru/sonunnar/obshchestvo/2250-kengiries-tugu-bol-omto-o-ylya-aj

Ытыктабыллаах саха омук lll кэнгириэһин тэрийээччилэр уонна мунньах кыттыылаахтара!
Саха омук олоҕун  уонна кэскилин туһунан кэнгириэс- киэн ыҥырыылаах мунньах 
ыытылларынан бука барыгытыгар төленнөөх э5эрдэ!

Тапталлаах Сахабыт Сиригэр олох-дьаһах, сайдыы саҥа кэмэ-кэрдиитэ саҕаланна. Аан Дойду, киһи-аймах, бүтүн Арассыыйа технологическай сайдыы саҥа үрдэллэригэр киирэн иһэр кэмигэр быһыы-майгы, өй-санаа, сыһыаннар тосту уларыйар кэмнэригэр күүстээх санаалаах, кыахтаах омук түмсэ түһэн , ырытыһан кэскили торумнуура саамай сөптөөх.

Ол эрэн кэнгириэс кэпсэтии, айдаан-куйдаан эрэ таһааран суол-иис хаалларбата наада этэ. Ону кэрэһэлиэхтэрэ ылыныллар уураахтар. Киэҥ ыҥырыылаах мунньах сүрүн уурааҕынан «Саха омук сайдар стратегиятын туһунан» буолуохтаах. Ону оҥорууну саҕалыыр туһунан. Онорор бөлөҕү, болдьохторун ыйан туран.

Саха омук киһи-аймахха миссията, сыала-соруга тугуй? Араас эйгэлэргэ ситиһиилэрбит бу муҥур чыпчааллар дуу эбэтэр өссө да элбэх ирдэнэр дуу? Тылбытын, итэҕэлбитин, ахсааммытын хайдах сайыннарабыт? Мантан да атын элбэх ыйытыктарга санаа атастаһан баран суол-иис тобулар туһунан уураах ылыныллыахтаах.Бу мөккүөрдээх, айдааннаах-мөҥүөннээх кэмҥэ уустук ол эрэн кэскиллээх улэҕитигэр-хамнаскытыгар  ситиһиилэри ис сүрэхпиттэн баҕарарбын тиэрдэбин. Өрөйүҥ-чөрөйүҥ! Уруй-айхал!
