Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саха омук үрүҥ-тунах ыһыахтара ыһыллыахтара. 
Сахалар сайын кэлбитин, күн чыпчааллаан оройдуурун бэлиэтиэхтэрэ. Саха сирин сайына ураты кылгас, олус түргэнник элэс гынан ааһар. 
Бу үүт-тураан, сылаас күннэргэ айылҕалыын алтыһар, силигилии сайдыбыт сир ийэ итии тыынын эһиилги дьылга диэри сүрэххэ иҥэрэр алгыстаах кэмнэр үүнэллэр. Кырдьыга да айылҕа киһи-аймах биһигэ буоларын хас биирдии саха киһитэ көрөр-билэр, сүрэҕинэн сэрэйэр, дууһатынан ылынар. .
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Айылҕабыт курдук айгыр-силик, нуоҕал-наскыл буолуоххайыҥ! Бырааһынньыгынан!
#Ыhыах #СахаСирэ #бырааһынньык #Айыл5а
