Ийэм Варвара Алексеевна Ноттосова сэрии тулаайаҕа этэ. Оҕо эрдэхпитинэ кини биһигини өрүс кытылыгар аҕалан: "Эһэҕит Өлөксөй Ноттосов мантан сэриигэ барбыта" - диэн кэпсиир этэ. Кини манна элбэх хараҕын уута тохтубута...
2000 сыллаахха мин ол сиргэ "Сэрии тулаайаҕар" мэҥэ таас туруорбутум.
